Амма улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Ил Түмэн үс сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕа буолла. Көрүллүбүт боппуруос — Амма өрүс экологическай өртүнэн куттала суох буолуутун боппуруостара. Бу дьүүллэһиини Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин көҕүлээтэ. Көһө сылдьар мунньаҕы сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин салайан ыытта.
Ханнык сис кэмитиэттэр тахсан кыттыыны ыллылар? Ол курдук сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ, тутууга, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтэ, тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, чилиэннэрэ бааллар. Маны сэргэ мунньахха уопсастыбаннай экологтар, Амма өрүс сүнньүнэн олорор нэһилиэктэр баһылыктара уонна улуус дьокутааттара кыттыыны ыллылар. Онон киэҥ-куоҥ кэпсэтии буолла. Үс иһитиннэрии оҥоһуллунна. Амма өрүс бассейнын экологическай туругун туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Лука Сафонов, Амма территориятыгар айылҕа баайын хостооһун хайдах барарын туһунан СӨ промышленноска уонна геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин ВКС нөҥүө кыттан уонна Амма өрүс бассейнын харыстааһыҥҥа ыытыллар үлэлэр тустарынан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистиэристибэтин иһинэн баар уопсастыбаннай экологическай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Игорь Бястинов, чилиэнэ Любовь Киприянова иһитиннэрдилэр.
Киирбит иһитиннэриилэринэн боппуруостар, эппиэттэр бэрилиннилэр. Санаа атастаһыытыгар уопсастыбаннай экологтар Спартак Трофимов, Степан Сутаков, Амма улууһун дьокутааттарын IV уонна V ыҥырыыларыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Карманов, академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй географияҕа учуутала Алена Быстрова, VI ыҥырыылаах Ил Түмэн Мунньаҕын дьокутаата Руслан Федотов, Амма улууһун экологическай хонтуруол кэмитиэтин кылаабынай инспектора Евгений Егоров, СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистиэристибэтин иһинэн баар уопсастыбаннай экологическай Сэбиэт чилиэнэ Валентина Дмитриева кыттан кэккэ этиилэри оҥордулар. Түмүктүүр этиини Александр Корякин эттэ.
“Бүгүҥҥү көрсүһүү бүтэһик буолбакка, саҕаланыыта эрэ диэххэ сөп. Амма өрүс чахчы да Сахабыт сирин чөмчүүгэ буолар. Кини алта улууһунан устан ааһар. Онон кини туруга манна олорор олохтоохтору барытын долгутар. Бүгүн олус оруннаах этиилэр киирдилэр. Кинилэр үөрэтиллэн, суһаллык үлэҕэ ылыллыахтарын сөптөөхтөр. Салгыы үлэ барар. Бары түмсэн уопсастыбанньыктары кытта сүбэбитин холбоон үлэни ыытабыт, — диэн Александр Иванович эттэ уонна бары кыттыбыт дьоҥҥо махталын биллэрдэ.
Мунньаҕы салайан ыыппыт Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин киирбит этиилэр барыта боротокуолланан, быһаарыы тахсыа диэн эттэ. Мунньах кэнниттэн киниттэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
“Айылҕаны харыстааһын бу биһиги кэмитиэппит быһаччы боломуочуйата буолар. Онон бу боппуруоһунан хайаатар да дьарыктанар эбээһинэстээхпит. Сүрүнэ диэн Ил Дархан нэһилиэнньэ экологическай туруктаах буолуутугар туһаайыллыбыт икки Ыйааҕа баар. Бастакы Ыйаах 2018 сыллаахха, иккис бу ситэриллэн 2024 сылга таҕыста. Биһиги улуус олохтоохторун кытта манна үлэлэһиэхтээхпит. Амма өрүс экологическай өртүнэн куттала суох буолуутун боппуруоһа олохтоохтортон бэйэлэриттэн таҕыста. Кинилэр аан дойдуга саамай ыраас эбэбитигэр куттал суоһаата диэн этэллэр. Ол хайысхаларын бүгүҥҥү мунньахха ырыттыбыт. Манна сыһыаннаах министиэристибэлэри, салайааччылары кыах баарынан ыҥырдыбыт. Мунньах түмүгүнэн ханнык хайысхаларга болҕомтобутун ууруохтаахпытын чуолкайдаатыбыт. Араас этиилэр киирдилэр. Ол курдук Амманы барытын ураты харыстанар сир оҥоруохха диэн этииттэн саҕалаан ыраастыыр станцияларга тиийэ, сыбаалка боппуруоһун быһаарсыыга тиийэ киирдэ. Маны барытын ырытыахпыт, дьүүллэһиэхпит уонна ол түмүгүнэн сүрүн докумуонун таһаарыахпыт. Инникитин Бырабыыталыстыбабытын, салалтабытын, министиэристибэлэри, улууһу кытта үлэлэһэрбитигэр ол сүрүн докумуоммут буолуоҕа. Саамай сүрүнэ Амма өрүс аттыгар олорор нэһилиэнньэ, кини баайын-дуолун, уутун туһанааччылар эмиэ харыстааһын үлэтигэр тэҥҥэ үлэлэһиэхтээхтэр. Онон бары бииргэ үлэлиэхпит, үлэбит иннибитигэр ”, — диэн этэр Андрей Михайлович.
Ыытыллыбыт мунньахтан бары да астынан тарҕастылар. Маннык мунньах саамай кэмигэр ыытыллыбытын, норуот дьокутааттара Амма өрүһү харыстааһыҥҥа уопсастыбанньыктар этиилэрин ылынан үлэни саҕалаабыттарын, ордук чуолаан бу боппуруоһу туруоран элбэх дьокутааты, министиэристибэлэри аҕалан кытыннарбыт Амма-Уус Маайа уокуругун дьокутаатыгар Александр Корякиҥҥа махталларын биллэрдилэр. Манна биир олус интэриэһинэй, инникитин Амманы харыстааһыҥҥа төһүү күүс буолуох этии киирбитин бэлиэтиибит. Амматааҕы судаарыстыбаннай экологическай хонтуруол инспекциятын салайааччыта Евгений Егоров Амма өрүһү “Саха сирин чөмчүүгэ”, Саха сирин ураты нэһилиэстибэтэ уонна баайа диэн туран правовой статус биэрэргэ, оччотугар бу статус инникитин федеральнай айылҕа харыстабылын бырайыактарыгар инники тутуллар бырааптаах буолуо этэ, Ил Түмэн “Амма өрүһү харыстааһын туһунан” Сокуон ылынан, айылҕаҕа буортуну оҥорор тэрилтэлэргэ ирдэбил туруорар гына экологическай стандартары оҥорорго үлэлэһиэн наада диэн эттэ. Чахчы да Амма өрүспүтүн ураты харыстанар сиргэ киллэрэргэ, киниэхэ ураты статус бэриллэрин инниттэн Амма өрүс сүнньүнэн олорор улуустар бары кыттыһан бу боппуруоска референдум курдук оҥорон, Ил Түмэҥҥэ киллэриэххэ сөп.
"Амма оло5о" 4.04.2024