Үөһээ Бүлүү улууһугар от ыйын 10-17 күннэригэр сыл аайы ыытыллар «КүнЭко» диэн научнай-чинчийэр экологическай экспедиция буолан ааста. Быйылгы экспедиция Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананна.
Ааспыт сылларга экспедиция Бүлүү бөлөх улуустарын эрэ хабар эбит буоллаҕына, быйылгыттан экспедиция өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрилиннэ. Ол курдук, 28 оскуола оҕото 6 улуустан: Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Бүлүү, Ньурба, Горнай, Эбээн-Бытантай улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кэлэн кыттыыны ылла.
Экологическай лааҕыр уопсайа 1 нэдиэлэ үлэлээтэ, ол кэм иһигэр оҕолор бэйэлэрин чинчийэр үлэлэрин көмүскээн, Саха сирин учуонайдарын кытта үлэлэһэн, суруйааччылар, научнай деятеллэр олорбут сирдэрин кэрийэн, үүнээйилэри үөрэтэн, олус элбэҕи биллилэр. Ону таһынан, кинилэр орнитологияны, ботаниканы, энтомологияны, гидробиологияны, экологияны, туризмы, археологияны үөрэттилэр.
От ыйын 15 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт «Вода России» акция чэрчитинэн, экспедиция оҕолоро Бүлүү Эбэ биэрэгин ыраастааһын субуотунньугар кытыннылар. Бу тэрээһиҥҥэ бырайыак салайааччытын Нюргуяна Сергеевна Гуринованы кытары кэпсэттибит:
- Үөһээ Бүлүүгэ «КүнЭко» хайдах ааһан иһэрий?
- Бу бырайыагы оҥорорбор, Экология министиэристибэтин үлэһиттэрэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Ол курдук, тыраанспарт да боппуруоһугар, оҕолорго учуонайдар да кэлэн лиэксийэ ааҕалларыгар. Уонна быйылгы экспедицияҕа Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата, Үөрэҕирии управлениета, спортивнай оскуола олус көмөлөстүлэр. Оҕолору үөрэтэргэ, мин санаабар, практическай чааһа олус суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, оҕо тутан-хабан, көрөн-истэн, чинчийэн, элбэҕи билэр. Учуонайдар оҕолору туох-баар туттар инструменнартан саҕалаан, методикаҕа тиийэ үчүгэй баҕайытык үөрэтэллэр. Бу информациялары ханнык да учуонай мээнэ кэпсээбэт. Уонна мин санаатахпына, биһи сайыҥҥы өттүгэр элбэх оҕону хабан үлэлээтэхпитинэ, оҕолор билиилэрэ элбиэ, өрөспүүүбүлүкэ да, дойду да таһымыгар чинчийэр үлэ куонкурустарыгар ситиһиини ылыахтара дии саныыбын.
- Экологическай лааҕырдар, конференциялар билиҥҥи бириэмэҕэ төһө наадаларый?
- Экология министерствотын өттүнэн «Айылҕа уонна мин» бырайыакпыт 16-ыс сылын ыытыллар. Аан маҥнай бу акцияны оҥорорбутугар аҕыйах киһи кыттар этэ. Онтон билигин, мин санаабар, көлүөнэ экологическай култуурата үрдээтэ дии саныыбын. Хас биирдии киһи экологияҕа кыһаллар буолла, холобур эдэр дьон эко-суумка, эко-таҥас, эко-пакет тутталлара элбээтэ. Уонна, холобур, урут элбэх дьон сардаана сибэккини үргүүр эбит буоллахтарына, билигин хас биирдии оҕо тута билэр уонна өйдүүр, кыһыл кинигэҕэ баар үүнээйилэри үргээбэтин. Ньургуһуну да дьон үргүүрэ аччаата. Онон маннык экологическай лааҕырдар, экспедициялар, конференциялар ыытыллаллара чопчу наадалаах.
- Саха сиригэр экология сайдыытын аны 10 сылынан эһиги хайдах көрөҕүт?
- Наһаа элбэх мас олордуллуо дии саныыбын, нэһилиэк аайы ураты атын мастар үүнүөхтэрэ, ойуур баһаара аҕыйыа, бөҕү наардаан быраҕар буолуохтара, оскуолаларга экология диэн предмет киириэ диэн баҕа санаалаахпын уонна дьон экология өттүнэн грамотнай буолуохтара диэн эрэнэбин. Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха диэн ыҥырабын!
Подробнее: https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/article/65210