НОВОСТИ
О НАС
ТЕКУЩИЕ ПРОЕКТЫ
ДЕЯТЕЛЬНОСТЬ
ИТОГИ
СЕВЕРНОЕ СИЯНИЕ
ПАРТНЕРЫ
ФОТОГАЛЕРЕЯ
ПРОЕКТ "ЖИВАЯ ВОДА"

Наша миссия:

Формирование экологического мировоззрения у населения, реализации экологических образовательных
и исследовательских программ,
поддержка общественных инициатив для устойчивого развития гражданского общества
в Республике Саха (Якутия)


Все на защиту наших озер!


Уубут боппуруоһугар бары бүттүүн турунуохха!

01.08.2021 17:49Дабаан (Восхождение)

Кураан сыллар тураннар Кэбээйи нэһилиэгэр күөллэр уулара түһэн, туттар уу буолуохтааҕар, иһэр да уу ыарахаттарданан эрэр. Маны сэргэ, итиннээҕэр сытыытык аны уу хаачыстыбатын мөлтөҕө киһини дьиксиннэрэр буолбута ыраатта. Бу туһунан уонна ону туоратарга туох үлэлэртэн саҕалыахха сөбүй диэн тиэмэнэн «Нуклеус» оҕо бөлөҕүн «Озерам родного края - внимание и заботу» бырайыагар олоҕуран олохтоох дьаһалта иһинэн бу боппуруоһу көтөҕөөрү Дьокуускай куораттан кэлэн «Эйгэ» экологическай билиини сырдатыы киинин директора Валентина Иннокентьевна Дмитриева уонна өрөспүбүлүкэтээҕи лицей-интернат учуутала Анна Егоровна Местникова студеннары уонна орто оскуола үөрэнээччилэрин кытта бөһүөлэк иһинээҕи күөллэргэ чинчийэр үлэни ыыттылар. Чинчийии түмүгүн бырайыак салайааччыта, научнай салайааччылар, бырайыак кыттааччылара сүбэ мунньахха иһитиннэрдилэр.

Бырайыак салайааччыта орто оскуола учуутала Вера Николаевна Заровняева Арассыыйатааҕы күрэххэ кыттан, граҥҥа тиксэн, ыытыллар үлэлэр үбүлэммиттэр. Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Скрябин Костя, Винокуров Тима, Эверстов Петя, Оконешникова Кристина, Егорова Аэлита уонна оскуола выпускнига Семенов Сережа, ХИФУ араас салааларга уонна курстарга үөрэнэ сылдьар студеннара Максимова Сардана, Эверстов Алеша, Левина Алина, Иванов Ньургун кыттыыны ыллылар. Оҕолор салайааччыларын кытта Көппөх, Сиҥнээли, Малыыда күөллэр ууларын састаабын, бу күөллэргэ ханнык үүнээйилэр, үөннэр-көйүүрдэр баалларын гидрохимия, гидробиология, ботаника тематынан 3 хайысханан үлэлээтилэр.

Космическай түһэриилэр түмүктэринэн түөрт сыл анараа өттүнээҕи түһэриини көрдөххө, Сиҥнээли уонна Малыыда күөллэр уолан эрэллэрэ, икки чааска арахсан эрэллэрин чинчийээччилэр лаппыйан бэлиэтээтилэр. Маны сэргэ чинчийэр оҕолор күөл ортотуттан уу боруобатын ыланнар уопут оҥорон көрбүттэр. Ол түмүгүнэн Сиҥнээли уонна Малыыда күөллэр щелочной уулаахтар диэн буолла. Ол эбэтэр бу күөл уулара нуормаҕа эппиэттээбэттэр. Элбэх туустар бааллара биллибит. Ити киһи доруобуйатыгар улахан охсуулааҕын бэлиэтээтилэр. Аны Малыыда уонна Көппөх күөллэр ууларын өҥө болоорхой. Сиҥнээли уонна Малыыда күөллэргэ кирдээх ууга үөскүүр үөн-көйүүр элбэх эбит. Ити таһым атын күөллэрдээҕэр лаппа уратылааҕа бэлиэтэннэ.

Күөллэр үүнээйилэрин үөрэтии түмүгүнэн Сиҥнээлигэ үүнээйи 25 көрүҥэ баар эбит. Ити атын күөллэрдээҕэр элбэх. Уу ырааһын, кирдээҕин биллэрэр индикатор үүнээйилэр кытта үүнэллэр.

Водовоз таһар уута уонна күөллэрбит уулара «умеренно грязная» диэн таһымнааҕа билиннэ. Инники биллэрин өссө төгүл чиҥэтэн биэрдилэр. Онон уубутун фильтрдаан туттарбытын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Маннык балаһыанньаҕа хайдах гынан чөлүгэр түһэр үлэни ыытабыт диэн боппуруос мустубут дьону үүйэ-хаайа тутта. Бу боппуруоска салгыы Тимофей Винокуров, Валентина Иннокентьевна күөлү ыраастыыр ньымалары билиһиннэрдилэр: ньамаҕы ыраастааһын диэн ньыма баарын элбэхтэн биири кэпсээтэ. Валентина Иннокентьевна фонтан тутан кислородунан байытыы, саас ойбоннору тэһэн салгылатыы, сүөһүнү-сылгыны анал мэччирэҥҥэ тутуу туһунан сырдатта.

Түмүккэ орто оскуола директора Анна Егоровна Обутова чинчийиигэ кыттыбыт оҕолор, ыччаттар, сүбэ мунньах кыттыылаахтара бука бары бу боппуруоһу нэһилиэнньэ ортотугар күүскэ тарҕатары сүбэлээтэ. Нэһилиэнньэ ыраас уу уонна күөллэр уолууларын боппуруоһугар дууһалыын ыалдьан туран туруорустаҕына эрэ бу боппуруос оннуттан хамныан сөбүн сөрү-сөпкө бэлиэтээтэ.

Баһылык солбуйааччыта Михаил Романович Софронеев бу боппуруос нэһилиэнньэ истиитигэр, көрүүтүгэр көтөҕүллэрэ наадалааҕын өссө төгүл тоһоҕолоон эттэ. Нэһилиэк хас биирдии олохтооҕо ыраастаныыга, чэнчистик туттууга санаатын ууран, тулалыыр эйгэни харыстыырга ылыстаҕына эрэ бу боппуруоска бастакы хардыылар тахсыахтарын сөбүн бэлиэтээтэ. Михаил Романович уу боппуруоһа өссө 70-с сыллартан саҕаламмытын, билигин ордук сытыырхайбытын санатта.

Былыр алааһынан олоруу саҕана айылҕа бэйэтин ыраастанар эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ биир сиргэ түмсүү түмүгэр киһи айылҕаҕа буортулааҕы таһаарыыта элбэх. Биһиги нэһилиэк дьоно үөрэрбит диэн, бөһүөлэкпитигэр промышленность суох. Онон нэһилиэк хас биирдии киһитэ бэйэтэ таһаарар бөҕүн-сыыһын кыана тутуннаҕына биир ыарыылаах боппуруос быһаарыллыа этэ.

Биһиги иһэр уубут, күөллэрбит уолууларын боппуруоһугар болҕомтолорун хатаан сүбэ-ама буола кэлбит Валентина Иннокентьевна уонна Анна Егоровна сир аннынааҕы ууну булар наадалааҕын уонна ыраастыыр технологияны туруоран ити ыарахан боппуруоһу быһаарар кэм-кэрдиис тирээн кэлбитин эттилэр. Бэринэн баран олорор сыыһатын, бу чинчийиилэр, мониторинг түмүктэригэр олоҕуран грант көрдөөһүнүн, оскуола чинчийэр үлэтигэр көмө оҥоруу, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар, хаһыаттар нөҥүө ыстатыйалары таһаарыы курдук сүбэ арааһын эттилэр. Тэрилтэлэргэ ууну фильтрдыыр тэриллэри туруорсарга сөптөөх этиилэри оҥордулар.

Биһиги нэһилиэк олохтоохторун доруобуйатыгар охсуулаах биир улахан боппуруоска санааларын хатаан, өйдөрүн түмэн кимнээх кэлэн бардылар диэн ааҕааччы боппуруос биэриэн сөп. Валентина Иннокентьевна Дмитриева Кэбээйи сопхуос дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт Иннокентий Дорофеевич Сивцев кыыһа буолар. Тыа хаһаайыстыбатын наукатыгар экология специальноһыгар кандидат. Анна Егоровна Местникова АФ президенин гранын хаһаайката, Учууталлар учуутала, АФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, үүнэр учуонайдар наставниктара. Анна Егоровна аҕата Егор Васильевич Местников Кэбээйи оскуолатыгар учууталлаабыта.

Подробнее: https://xn--80aaacn2d.xn--p1ai/article/19269

01.08.2021

Назад

   
2008 © by Elven
Адрес: г. Якутск, ул. Кулаковского, 12, кв. 71
E-mail: ,